Якутское время
08:57
Четверг, 12 Декабря
Курсы валют
сегоднязавтра
105.10 106.20
99.38 100.03

“Кыл Саха” төрүт дорҕоон бөлөх тэриллибитэ 10 сылын көрсө

22:5211.12.2024 16+ 242 18+

Кэлиҥҥи кэмҥэ саха төрүт үнүстүрүмүөнүгэр кыл кылыһахха кыл устурууналаах кырыымпаҕа сөргүтүү, оҥоруу уонна толоруу үлэтэ тэтимнээхтик сайынна. 2014 с. СӨ Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтин Гранынан, оччолорго миниистир А.С. Борисов өйөөһүнэн, Руслан Габышев уонна Александр Чахов маастардарга кыл устурууналаах үнүстүрүмүөннэри оҥорторон, Кыл Саха төрүт дорҕоон бөлөх Сергей Афанасьевич Зверев-Кыыл Уола аатынан Үҥкүү тыйаатырын национальнай аркыастырын иһинэн тэриллибитэ. Бу бөлөх уратыта үнүстүрүмүөннэрэ кыл устурууналаахтар, саха төрүт дорҕоонун, кылыһаҕын чопчу биэрэр уратылаахтар. Артыыстар айылҕаттан айдарыылаах маастар Руслан Габышев көмүс тарбахтарыттан чочуллан тахсыбыт көмүлүөк быһыылаах кыл кылыһахха оонньууллар. Биллиилээх музыковед А.П. Решетникова Руслан Прокопьевич айан оҥорбут кылыһахтарын Бу кылыһахтар сахалыы туойаллар, кэпсэтэллэр диэн үрдүктүк сыаналаабыта. Бөлөҕү СӨ үтүөлээх артыыһа Анна Томская ситиһиилээхтик салайа, үлэлии сылдьар. Кыл Саха маастарынан уонна солиһынан СӨ норуотун маастара, СӨ култууратын туйгуна Руслан Габышев буолар. Бөлөххө СӨ үтүөлээх артыыһа Афанасий Томскай, СӨ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ Анюта Иванова, СӨ култууратын туйгуннара Афанасий Федоров, Вера Григорьева, Зоя Васильева, Максим Бордонскай, СӨ ыччат бэлиитикэтин туйгуна Дьулустаан Никифоров айа-тута сылдьаллар. Айар үлэлэригэр, тэрээһиннэргэ, кэнсиэртэргэ Олоҥхо тыйаатырын муусукааннара СӨ култууратын туйгуннара Вероника Лыткина (хомус, кыл кылыһах), Прокопий Сыроватскай (кыл кылыһах), Айсен Кысылбаиков (кыл кылыһах, ох саа-кыл) уонна М.Н.Жирков аатынан Дьокуускайдааҕы муусука кэллиэһин уһуйааччыта Артур Семенов-Тоҥ Саха (хомус, куолас) кытталлар. Ону сэргэ, Кыл Саха кылыһахтаах куоластаах солистарынан: Дьокуускайдааҕы муусука кэллиэһин уһуйааччыта, СӨ үтүөлээх артыыһа Варвара Степанова-Арчыына; Олонхо тыйаатырын артыыһа СӨ үтүөлээх артыыһа Александр Дьячковскай-Саарын; Үҥкүү тыйаатырын артыыһа РФ үтүөлээх, СӨ норуотунай артыыһа Дмитрий Артемьев; Үөһээ Бүлүү улууһун култууратын департаменын уонна духуобунай сайдыытын салайааччыта СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Айталина Мойтохонова-Сахаайта буолаллар.

БАР ДЬОННОРУН ҮӨРДЭЭРИ

Кыл Саха бастакы айар киэһэтэ 2016 с. буолбута, өрөспүүбүлүкэҕэ аан бастаан сылгы кылыттан устурууналаах кыл кылыһах дорҕоонунан кэнсиэр көрдөрүллүбүтэ. 2018 с. ыам ыйыгар Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырын сыанатыгар, саха үнүстүрүмүөннэрин аркыастыра тэриллибитэ 25 сылын чэрчитинэн, бөлөх сольнай кэнсиэрэ өрө көтөҕүллүүлээхтик ааспыта. 2018 с. Айархаан бөлөҕү кытары биир эмиэ умнуллубат Алгыстаах дорҕоон бырайыагы көрөөччүлэргэ бэлэх ууммуттара. Христофор Максимов пуондатын уонна биирдиилээн толорооччулары кытта Дьиэрэтии уонна Дэгэрэн, Дэгэрэн эйгэтэ бырайыактар араас сылларга ситиһиилээхтик тэриллибиттэрэ. 2019 с. Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр бөлөх тэриллибитэ 5 сылыгар анаммыт бастакы сольнай кэнсиэр толору сааланы муспута. 2022 с. бөлөх Санкт-Петербурга, Шереметьев Дыбарыаһыгар Саха сирин норуоттарын муусукатын уонна фольклорун түмэлин Кочующий музей бырайыагынан сольнай кэнсиэр көрдөрбүтэ. 2024 с. Казахстаҥҥа Саха сирин күннэригэр Ыхлаас аатынан казах омук муусука үнүстүрүмүөннэрин түмэлигэр эмиэ биир истиҥ кэнсиэр ааспыта. 2016 сылтан саҕалаан Кыл Саха доҕуһуолунан Туймаада ыһыаҕа аһыллыытын сиэрэ-туома оҥоһуллар, сыллата ыһыах түһүлгэтигэр айар кэнсиэрдэрин көрдөрөллөр. Бөлөх репертуара киэн саха норуота үгэс буолбут муусуката, ырыа уонна үҥкүү муусуката, хампаһыытардар айымньылара. Кыл кылыһах муусуката тыйаатыр Куллустай Бэргэн, Манчаары, Үрүҥ Күн Оҕолоро, Хара саһыл, Ситим, Халдьаайы испэктээктэргэ истиҥник, дорҕоонноохтук иһиллэр. Бөлөх Саха уонна Олоҥхо тыйаатырдарын кытта ситимнээхтик үлэлиир. Бу сыллар усталарыгар бөлөх үгүс кэнсиэртэргэ, тэрээһиннэргэ, этно-толорооччулар сольнай бырайыактарыгар кыттыыны ылла. Христофор Максимов аатынан пуонданы, Эрэл, Айархаан бөлөхтөрү, суруйааччылары, худуоһунньуктары кытары үлэлэһэр. Кыл Саха Таатта, Амма, Ньурба, Мэҥэ-Хаҥалас, Нерюнгри улуустарын үҥкүү бөлөхтөрүгэр доҕуһуол оҥорбуттара. Дьокуускайга араас бөлөх үҥкүүтэ Кыл Саханан доҕуһуолланар. Уран, Кыталык, Аар Аартык биллэр устудьуоннар үҥкүү бөлөхтөрүгэр Кыл Саха дорҕооно элбэх кыайыылары аҕалбыта.

КҮРЭХХЭ УОННА БЭСТИБЭЭЛГЭ СИТИҺИИЛЭЭХТИК КЫТТАЛЛАР

Бөлөх сүрүн кыайыытынан сахабыт норуота таптала-махтала, биһиги дорҕооммутун сөбүлүүрэ-сэҥээрэрэ буолар диэн муусукааннар этэллэр. Кыл Саха С.А.Зверев-Кыыл Уола аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэх кыайыылааҕа, Норуоттар икки ардыларынааҕы этническэй муусука Мир Сибири бэстибээл Премия мира лауреата, Палитра талантов Бүтүн Арассыыйатааҕы күрэх Кылаан кыайыылааҕа, Норуоттар икки ардыларынааҕы Золотая лира, Simphony of Talents, Пробуждение, Страна талантов күрэхтэр I үрдэлин лауреаттара буолаллар. Кыл Саха төрүт дорҕоон бөлөҕө Ердынскай оонньуулар Норуоттар икки ардыларынааҕы VI этнокультурнай бэстибээл (Иркутскай уобалас. Ольхон оройуона, 2017), Стамбул куоракка Дьокуускай куорат күннэрэ (Турция, 2017 г.), Арассыыйа-Кытай ЭКСПО Норуоттар икки ардыларынааҕы атыы-экэниэмикэ дьаарбаҥкатын (Кытай, Харбин, 2019), РФ Тас сибээскэ министиэристибэтигэр Саха сирин күннэрин култуураҕа бырагыраамматын (2022), САССР Арассыыйа судаарыстыбатын састаабыгар киирбитэ 100 сылыгар аналлаах үөрүүлээх тэрээһин Москва, 2022), Петербургтааҕы норуоттар икки ардыларынааҕы экэниэмикэ пуорумун чэрчитинэн Хотугу норуоттар икки ардыларынааҕы Душа России култуура бырагыраамматын (2023), СӨ ВДНХ Арассыыйа быыстапка пуорумун чэрчитинэн култуура бырагыраамматын (2023), Казахстаҥҥа Саха сирин күннэрин (2024) кыттыылааҕа.

ҮЛЭ КҮӨСТҮҮ ОРГУЙАР

Саха кыл кылыһах үнүстүрүмүөнэ сайдарын туһугар билигин элбэх хабааннаах үлэ бара турар. М.Н.Жирков аатынан муусука кэллиэһигэр, Покровскай куорат уонна А.А.Черемных аатынан Амматааҕы оҕо ускуустубатын оскуолаларыгар, Ф.И.Авдеева аатынан Дьокуускайдааҕы оҕо айымньытын дыбарыаһын аркыастырыгар кыл кылыһахха үөрэтэллэр. Кыл Саха муусукааннара маастар-кылаастары, курстары былааннаахтык тэрийэн ыыталлар. Кыл кылыһахха толоруу үгэстэрин сайыннарарга 2018-2030 сс. саха кыл устурууналааах үнүстүрүмүөннэрин Кэнсиэпсийэтэ бигэргэммитэ (ааптардар Томская А.И., Шамаева М.И., Петров Н.П.). 2021 с. Анна Томская Кылыһах кырыымпа хомуурунньуга тахсыбыта. Онно Школа игры на якутском струнно-смычковом инструменте кыл кылыһах диэн үөрэтэр ньыма методика киирбитэ. 2016 с. Кыл кырыымпа бастакы альбом, 2018 с. Кыл Саха CD-диискэ тахсыбыттара. Бөлөх уонча килииптэрдээх, видеороликтардаах. Кыл Саха муусуката уус-уран, документальнай киинэлэргэ, араадьыйа, тэлэбидиэнньэ биэриилэригэр иһиллэллэр. Бөлөх үлэтин Саха сирэ, Арассыыйа, Германия, Турция ханааллара уһулбуттара.

Быйыл Кыл Саха төрүттэммитэ 10 сылыгар анаан араас тэрээһиннэр буоллулар. Мас уустарын тойуга маастардар бастакы күрэхтэрэ, СӨ Үҥкүүтүн тыйаатыра кыл кылыһахха толорор кыттааччыларга бастакы аһаҕас күрэҕэ ыытылыннылар. Сайын Амма улууһугар Олоҥхо ыһыаҕар кыл кылыһахха күрэх иккис төгүлүн буолан ааспыта. Бу күрэхтэргэ кыайбыт Нам, Амма, Мэҥэ-Хаҥалас бөлөхтөрө уонна биирдиилээн толорооччулара, маастардар бүгүҥҥү Кыл Саха үбүлүөйдээх тэрээһинигэр кыттыыны ылаллар. Бу күннэргэ САХА НКИХ ханаалыгар бөлөх туһунан киинэ тахсар (ааптар Н.В.Михалева-Сайа). Тохсунньуга Саха сирин норуоттарын Муусукатын уонна фольклорун түмэлин өйөөһүнүнэн Каталог мастеров тахсаары бэлэмнэнэ сылдьар. Билиҥҥи туругунан өрөспүүбүлүкэҕэ Кыл Саха сүрүннээһининэн кыл кылыһахха 37 маастар үлэлиир, 800 тахса толорооччу төрүт дорҕоону тута-сайыннара сылдьар.

Ахсынньы 13 күнүгэр Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар Доҕордоһууларын Дьиэтигэр киэһэ 18:30 КЫЛ САХА ОҺУОРА бөлөх үбүлүөйдээх 10 сыллаах үлэтигэр анммыт улахан кэнсиэрэ буолар.

Кыл Саха оһуора бөлөх талааннаах, идэҕэ бэриниилээх, сахатын норуотун төрүт култууратын уонна ускуустубатын сайыннара сылдьар хас биирдии муусукаана! Кыл Саха оһуора бөлөх араас хайысхаҕа үлэтэ! Кыл Саха оһуора төрүт дорҕооҥҥо тэҥҥэ айа-тута сылдьар биир санаалаахтара, айар аартыктарын биир идэлээхтэрэ, доҕуһуолун доҕотторо, кинилэр уһуйуллааччылара-үөрэнээччилэрэ! Кыл Саха оһуора алгыстаах тойук, дэгэрэн эйгэтэ, оҕо саас дьүрүскэнэ! Кыл Саха оһуора саха көрүүтэ-толкуйа, куйаарын дорҕооно!

Анна Томская, Вера Черноградская

Рекламный баннер 990x90px banstati
× Сайт использует файлы cookie. Они позволяют узнавать вас и получать информацию о вашем пользовательском опыте. Это нужно, чтобы улучшать сайт. Если согласны, продолжайте пользоваться сайтом. Если нет – установите специальные настройки в браузере или обратитесь в техподдержку.